Сэһэргээһин маллара: Саха ыһыаҕа уонна култуураны тилиннэрии
Бырайыак чэрчитинэн устуоруйа мала-сала былыргыны үөрэтэргэ уонна дьон-сэргэ бэйэтин омук быһыытынан билинэрин өйүгэр-санаатыгар хаалларарга туһалыылларын чинчийиллэр. Ону таһынан, култуураны тилиннэрии уонна чөлүгэр түһэрии, ордук бэлиитикэ содулугар баттааһыны көрбүт улуустарга. Чинчийии ыытыллар сиринэн Сибиир хотугулуу-илин өттүгэр тайаан сытар Саха Өрөспүүбүлүкэтэ талыллыбыта, онтон эбийиэгинэн - 1867 сылтан Британскай мусуой коллекциятыгар харалла сытар, ыһыах сиэрин-туомун ойуулаан көрдөрөр сэлии муоһуттан чочуллубут сэдэх оҥоһук.
Ыһыах Сибиир биир саамай бөдөҥ олохтоох омуга - сахалар - сүрүн бырааһынньыктара буолар. Саха омугун култууратын үгүс көстүүлэрэ, ол иһигэр ыһыах эмиэ, сэбиэскэй кэмҥэ хабырдык хааччахтаналлара. Онтон ХХ үйэ 90-c сылларыгар бэлиитикэҕэ уларытыылар саҕаламмыттарын кэннэ, саха омугун төрүт үгэстэрин сөргүтүүгэ оҥоһуллар хамсааһыннар сэбиэскэй иннинээҕи кэм култууратын көрүҥнэригэр интэриэһи күөртээбиттэрэ. Ити тилиннэрии биир сүрүн чааһынан бүгүҥҥү күҥҥэ аан дойду араас мусуойдарыгар харалла сытар саха омугун култууратын историческай малларын-салларын саха киһитэ көрөр кыаҕын тэрийии.
Бу бырайыак чэрчитинэн, «Ыһыах» композиция холобуругар, култуураны тилиннэриигэ, ойуулуур-дьүһүннүүр дьарыктарга уонна мусуойдар үлэлэригэр араас устуоруйа эбийиэктэрин хайдах туһаныахха сөбүн үөрэтиллиэҕэ.
Бырайыак кыттыгастара
- Эбии билии
-
Билигин Британия мусуойугар харалла сытар, сэлии муоһуттан биллибэт уус (маастар) чочуйан оҥорбут “Ыһыах” диэн ааттаах оҥоһуга ыһыаҕы ойуулаан көрдөрүүлэртэн биир бастакылара буолар. Бу үлэ сахалар сэлии муоһуттан кыһан оҥорууларын чыпчаала диэн ааҕыллыбытын үрдүнэн, кинини көрбүт саха киһитэ олох аҕыйах, уонна уопсайынан да олох сэдэхтик быыстапкаҕа туруоруллар.
Бу оҥоһугу Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр мусуойун бырайыагынан, Дьокуускай куоракка 2015 сыллааҕы ыһыах кэмигэр бииргэ үлэлэһэр партнербыт дьиэтигэр көрдөрүүгэ туруоруубут, ону таһынан архыып уонна этнография хайысхаларынан кини историческай сыаннаһын уонна актуальноһын чинчийиилэр биһиэхэ манныкка көмөлөөх буолуохтара:
- Историческай маллар-саллар култуура хаттаан тиллиитигэр көмөлөһөр дьоҕурдарын үөрэтии
- Историческай мал-сал, култуура өйө, сэһэргээһиннэр (нарративы) уонна кистээн ахтыбат буолуу (замалчивание) хардарыта дьайыыларын үөрэтии уонна кинилэр билиҥҥи кэмнээҕи мусуой дьыалатыгар ханнык билиини биэриэхтэрин сөбүн быһаарыы
- Россия уонна Великобритания мусуойдарын үлэһиттэрин идэлэрин сайыннарыыга кылаат киллэрэн, куратордар ыккардыларыгар уопуту атастаһыыны тэрийии
- Британия уонна Россия хоту өттүн култуураларын тэрилтэлэрин бастакы кыттыгастаах бырайыактарын олоххо киллэрэн, Холбоһуктаах Королевство уонна Россия Федерациятын ыккардыларыгар сибээһи бөҕөргөтүү
Темалаар
Бырайыак тэрээhиннэрэ
Махтал
Биһиги бу бырайыагы үбүлээбит Великобритания исскуство уонна гуманитарнай наука уобалаһыгар Чинчийиилэрин Сэбиэтигэр барҕа махталбытын биллэрэбит. Ону таһынан бу бырайыагы биир бастакынан өйөөбүт Шотландия университеттарын үп-харчы өттүнэн өйүүр Карнеги фондатыгар махталбытын биллэрэбит.
Биһиги "Ыһыах" экспонаты Саха Республикатын Национальнай художественнай мусойыгар быыстапкаҕа туруорарга көҥүллээбиттэрин иһин Британскай мусой координационнай сэбиэтин чилиэннэригэр махтанабыт. Биллэн турар, ону таһынан биһиги истиҥ сыһыаннаах икки мусой коллективтарыгар- Британскай мусой уонна НХМ колективт арыгар бу бырайыак олоххо киирэригэр сүҥкэн кылааттарын иһин улахан махталбытын биллэрэбит.
Сонуннар да Бэлиэ тугэннэр
- Сонуннар
- Бэлиэ тугэннэр
-
There are currently no upcoming events.
Subscribe to our RSS feed to stay up-to-date with upcoming events.