2015 сыл муус устар 17 күнүгэр Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр мусуой устудьуоннарга уонна муостан кыһан үлэлиир худуоһунньуктарга анаан маастар-кылаас тэрийэн ыытта. Саха сиригэр киэҥник биллэр муосчут Василий Амыдаев кыттааччыларга бэйэтин идэтин кистэлэҥнэрин билиһиннэрдэ. Ону таһынан кини сэлии уонна араас кыыл муоһун, уҥуоҕун өҥнөрүн, ис тутулун быһааран көрдөрдө. Маастар-кылаас кэнниттэн кыттааччылар иҥэриммит билиилэрин мыылаттан оҥоһуктары оҥорон бигэргэттилэр.
Онтон бэс ыйын 26 күнүгэр Абердин университетын уонна Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр мусуой үлэһиттэрэ, бырайыак салайааччылара муостан кыһан үлэлиир худуоһунньуктарга уонна искусствоны үөрэтээччилэргэ төгүрүк остуол ыыттылар. Төгүрүк остуолга түмсүбүт тутаах специалистар Англияттан аҕалылллыбыт сэлии муоһуттан оҥоһуллубут моделы ким уонна ханна оҥорбут буолуоҕун сөбүн, муостан кыһан оҥоһуу аныгы үгэстэригэр бу мындыр үлэ суолтатын туһунан санааларын үллэһиннилэр. Бу төгүрүк остуолга Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр училище устудьуоннара Максим Стручков уонна Айаал Макаров бэйэлэрин дьупулуомнарын үлэтигэр былыргы оҥоһук-модель итэҕэс өрүтүн өйдөрүттэн толкуйдаан-айан оҥорбуттара биир сонун көстүү буолла уонна специалистар болҕомтолорун тарта.
Бу композиция «Үйэ усталаах айан: «Ыһыах» композиция Британия мусуойугар» диэн ааттаах Дьокуускайдааҕы Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр мусуойга буола турар быыстапкаҕа көрдөрүүгэ турар. Маны таһынан, бу быыстапкаҕа сэлии муоһуттан кыһан оҥоһуллубут чулуу үлэлэр уонна ыһыахха туттуллар араас тэриллэр эмиэ көрдөрүллэллэр. Быыстапка 2015 сыл муус устар 17 күнүттэн балаҕан ыйын 27 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, бу быыстапка бэс ыйын бүтэһигэр Дьокуускайга Үс Хатыҥҥа ыытыллар республикатааҕы ыһыаҕы кытта дьүөрэлэстэ.
Быыстапканы үөрүүлээхтик арыйыы 2015 сыл муус устар 16 күнүгэр буолбута. Бу тэрээһин бары ханаалларынан тэлэбииһэргэ көстүбүтэ, республикатааҕы хаһыаттарга, интернет саайтарга уонна форумнарга киэҥник сырдатыллыбыта. Арыйыы сиэрэ-туома аһаҕастык ыытыллыбыта, дьон-сэргэ киэҥ сэҥээриитин ылбыта, онно бэрт үгүс сэргэх көрөөччү түмсүбүтэ.
Быыстапка билигин даҕаны дьон болҕомтотун тардар, көрөөччүлэр бэйэлэрин истиҥ махталларын биллэрэллэр. Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр училище устудьуоннара Максим Стручков уонна Айаал Макаров дьупулуомнарын үлэтигэр былыргы оҥоһук-модель итэҕэс чааһын бэйэлэрин өйдөрүттэн айан, ситэрэн биэрдилэр. Бу бырайыагы улаханнык сэҥээрдилэр уонна Британия мусуойуттан кэлбит экспонат уонна устудьуоннар үлэлэрин туһунан тэлэбииһэринэн биэриигэ сэһэргээтилэр. Худуоһунньуктар уонна искусствоны чинчийээччилэр бу оҥоһугу ким уонна ханна оҥорбутун быһаарарга улахан интэриэстээхтэр.
Бу модель ойуулуур-дьүһүннүүр өртүнэн олус чопчу оҥоһуллубута үгүс мөккүөрү үөскэтэр. Сиэр-туом толоруута ымпыгар-чымпыгар тиийэ, дьон сирэйин туттуута-хаптыыта итэҕэтиилээхтик көрдөрүллүбүтэрэ, муоһу араас өҥнөөн киэргэтии, оннооҕор ыһыах түһүлгэтигэр олорор ыскаамыйалар оҥоһуллубутара билигин даҕаны элбэх дьүүллэһиини уонна мөккүөрү тардар.
Sorry, there are no upcoming events to display.
Subscribe to our Event RSS feed to be kept up-to-date with forthcoming events.