Атеистическай-материалистическэй уопсастыбаны олохтуур баҕаттан, сэбиэскэй салайааччылар олоҕу өйдөөһүн атын систиэмэлэригэр олоҕурбут үгэстэри уонна итэҕэллэри суох гына сатыыллара. Таҥараны итэҕэйэр , христианнар, мусульманнар, буддистар эбэтэр ойууну итэҕэйэр дьон сэбиэскэй судаарыстыбаҕа уонна кини кэнэҕэскитигэр кутталы аҕалар дьонунан ааҕыллаллара уонна ааттаналлара. Сүүһүнэн тыһыынча аҕабыыттар, имамнар, лаамалар уонна ойууннар түрүмэҕэ хаайыллыбыттара эбэтэр Сталин репрессияларын саҕана өлөрүллүбүттэрэ. Онтон таҥараны итэҕэйии, онно аналлаах тэриллиилэр Сэбиэскэй Сойуус бүттүүнүн үрдүнэн уопсастыба олоҕуттан суох гыныллыбыттара. Ол эрээри, таҥараны итэҕэйии букатыннаахтык сүппэтэҕэ: сэбиэскэй атеизм диэки буолааччылар сөҕүөхтэрин быатыгар, норуот таҥара үлэһиттэригэр уонна үгэстэргэ тардыһыытын букатыннаахтык суох гынар оннук судургу буолбатах эбит.
Сэбиэскэй кэмҥэ Россия үрдүнэн бэрт аҕыйах ахсааннаах таҥараҕа үҥэр сирдэр уонна общиналар хаалбыттара. Сэбиэскэй кэмҥэ Саха сиригэр хас да ойуун олорбута уонна эмтээһининэн дьарыгырбыта. Ити кэмҥэ олохтоох дьон, ордук ыраах улуустарга олорор өттө, кистээн ойууннар бытархай сиэрдэрин-туомнарын оҥороллоро.
Сэбиэскэй кэм саҕаланыытыгар Саха сиригэр былаастар ыһыаҕы ыытары бопсубаттара. Төттөрүтүн, кинилэр бу бырааһынньыгы туһанан, саха омук дьонун, сэбиэскэй судаарыстыбаны уонна кини уларыта тутууларын ылынарын курдук, сүрэхтэрин уонна өйдөрүн сүүйэ сатыыллара. Ыһыахтар светскэй көрүҥнээх ыытыллалларын көҕүлүүллэрэ, онно Сталин мэтириэтигэр кымыһы үҥүлүтэллэрэ.
ХХ үйэ 80-с сылларыгар сахалыы ойууннааһыны сэргээһин хаттаан күөдьүйбүтэ, ордук наука, үөрэхтээһин уонна култуура тэрилтэлэригэр. Саха сирин учуонайдара, худуоһунньуктара, режиссердара, артыыстара бу саха омугун төрүт баайын (нэһилиэстибэтин) уонна ойууннаһын култуурунай көрүҥнэрин саҥалыы суолтатын кэмигэр таба көрбүттэрэ уонна бэйэлэрин үлэлэригэр ону туһанан барбыттара. Бу айымньылар саха норуотун арыый үрдүк таһымнаах бэлиитичэскэй автономияланыаҕын сөбүн бигэргэтэллэрэ. ХХ үйэ а80-с сылларын бүтүүтүгэр киэҥ далааһыннаах ыһыахтары тэрийии бу хамсааһын сүрүн дьарыга буолбута, онтон 1992 сыллаахха саҥа тэриллибит Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата ыһыаҕы судаарыстыбаннай бырааһынньыгынан биллэрбитэ.