Кини тугунан оҥоһуллубутуй?
Композиция чаастара сэлии муоһунан оҥоһуллубуттар. Саха сирэ ирбэт тоҥҥо турар, ол эбэтэр сир үөһээ араҥатын анна төгүрүк сыл устата тоҥ сытар. Былыргы үйэтээҕи хамсыыр харамайдар, ол иһигэр сэлиилэр эмиэ, ирбэт тоҥҥо олус бэркэ буорту буолбакка сыталлар. Ол гынан баран, сир элбэх сыллаах тоҥ араҥалара дьыл кэминээҕи ириэриититтэн уонна тоҥоруутуттан сылтаан, мэлдьи хамсыы тураллар. Саха сирин киэҥ нэлэмэн киэлитигэр сэлии өлүктэрин кырамталара кэмиттэн кэмигэр сир үрдүгэр көстөн кэлэллэр. Онон сахалар туттар малларын уонна араас киэргэллэри былыр-былыргыттан сэлии муоһуттан кыһан оҥороллоро.
Ким бу оҥоһугу оҥорбутай уонна тоҕо?
Ким, ханна уонна хаһан бу композицияны оҥорбутун бүгүн биһиги чопчу этэр кыахпыт суох. Британия мусуойугар баар суруйуулартан сылыктаатахха, ити оҥоһугу Париж куоракка 1867 сыл атырдьах ыйыгар ыытыллыбыт Аан дойдутааҕы быыстапкаттан мусуой Британиятааҕы уонна орто үйэлэрдээҕи сэдэх кэриэс малларын уонна этнография эбийиэктэрин харайааччы, сэр Август Уоллстон Франкс (1826-1897) атыыласпыт. Париж быыстапкатын каталогар бу саха композицията буолара ыйылла сылдьар. Ити оҥоһугу быыстапкаҕа Гаврил Павлов Саха сирин атын экспонаттарын кытта бииргэ аҕалбыт. Бу композицияны кыһан оҥорбут киһи, туох да саарбаҕа суох, саха култууратын олус дириҥник билэр эбит, тоҕо диэтэххэ, ыһыаҕы уонна ыһыахтыы сылдьар дьону ымпыгар-чымпыгар дылы сиһилии ойуулаабыт. Бу композицияны биллибэт саха ууһа XIX үйэ ортотугар оҥорбут диэн сабаҕалыахха сөп.
Ол да буоллар, саха ууһа маннык оҥоһуктары саха дьонугар анаан куруутун оҥороро буолуо диэн этэргэ күчүмэҕэй. Сахалар дьиэлэригэр (балаҕаннарыгар) маннык улахан кээмэйдээх киэргэли уурарга миэстэ да кэмчи буолуон сөп, ол иһин итиччэ кээмэйдээх өссө биир эрэ оҥоһук баара биллэр. Ол саҕанааҕы саха омугун ускуустубата киэргэлгэ анаан буолбакка, сүрүннээн киһи туһанарыгар туһуланара. Саха мала-сала уонна таҥаһа олус сатабыллаахтык киэргэтиллэрэ, ол эрэн ити киэргэллэр сүнньүнэн куһаҕан тыыны, абааһыны киэр үүрэргэ анаан оҥоһуллаллара, ол аата дьиэ кэргэҥҥэ чөл олоҕу уонна или-эйэни арчылыыр аналлаахтара. Арааһа, бу композиция саха омугун олоҕун сиэрин тас эйгэҕэ көрдөрөргө ананан оҥоһуллубут буолуон сөп.
Маннык сөҕүмэр эбэтэр дьикти дьиэлэри уонна дьону-сэргэни ойуулаан көрдөрөр оҥоһуктар XIX уонна XX үйэлэргэ норуоттар ыккардыларынааҕы быыстапкаларга дьон болҕомтонон тардаллара. Саха сирин Россияттан кэлэн салайбыт күбүрүнээтэрдэр уонна саха норуотун сорох бэрэстэбиитэллэрэ маннык бөдөҥ быыстапкаларга кыттарга бэйэлэрэ интэриэстээхтэрэ, ол иһин онно көрдөрө уонна атыылата тыһыынчанан малы-салы ыыталлара. Онон бу композиция 1867 сыллаахха ыам ыйыгар Москубаҕа ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы этнография быыстапкатыгар анаан оҥоһуллубут, уонна онтон салҕыы Парижка тиийбит буолуон сөп.