Саха Норуота

In this section
Саха Норуота

Саха омуга билиҥҥи Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар үгүс үйэлэр усталарыгар олохсуйан кэллэ. Кини тыла, тылынан устуоруйата уонна сүөһү иитиитинэн дьарыктанара, саха омуга Сибиир соҕуруу өттүттэн кэлбитин туоһулуур. Былыр-былыргыттан бу сиргэ-уокка олохсуйбут таба иитиитинэн дьарыктанар биистэртэн уратылара диэн, сахалар бултуулларын таһынан өссө соҕурууттан илдьэ кэлбит сылгы уонна ынах сүөһүлэрин иитэллэрэ. Кинилэр олохторун укулаатыгар олус элбэҕи манна көһөн кэлэн баран алтыспыт эбээннэрин уонна эбэҥкилэрин табаны иитэр култуураларыттан ылбыттара, ол иһигэр ойууннар итэҕэллэрин.

A relative helps a little girl with her Sakha national costume. Photo courtesy of Maksim Unarov

Нуучча хаһаахтара саха омугун кытта аан бастаан XVII үйэ саҕаланыытыгар билсиспиттэрэ. Кинилэр сахалары “дьокууттар” диэн ааттыыллара. Ити аат билиҥҥэ диэри нуучча тылыгар саха омугун ааттыырга туттуллар. Хаһаахтар бу сиргэ күндү түүлээҕи сырсан кэлбиттэрэ. “Сымнаҕас көмүс” Россия импиэрийэтин кэҥээһинин уонна барҕарыытын хааччыйара. Олохтоох омуктар Россия быраабытылыстыбатыгар нолуоктарын түүлээҕинэн төлүүллэрэ. Бу кэмҥэ сахалар ахсааннара улаатан, бу эҥээргэ баһылыыр-көһүлүүр омук буолбуттара. Атын омуктары кытта алтыһыы түмүгэр кинилэр култууралара уонна олохторун укулаата (майгыта) уларыйбыт да буоллар, аан дойдуну ойууннуу анаарыылара уонна дьарыктара урукку суолталарын сүтэрбэтэхтэрэ. Ойууннааһын көстүүлэрэ сахалар күннээҕи олохторуттан ХХ үйэ иккис аҥаарыгар эрэ сүппүттэрэ. Чуолаан ити кэмҥэ сэбиэскэй былаас таҥараны билиммэт Сэбиэскэй Сойуус састаабыгар бэйэтин өйдөбүлүнэн сахалар судаарыстыбаларын - Саха Автономнай Сэбиэскэй Сэссийэлистиичэскэй Өрөспүүбүлүкэни тутууну саҕалаабыта.

Аныгы Саха Өрөспүүбүлүкэтэ XX үйэ 90-с сылларын саҕаланыытыгар, Сэбиэскэй Сойууска бэлиитикэ уларыйыытыгар тиэрдибит, омуктар бэлиитикэ онна култуура эйгэтигэр саҥалыы сайдыыларын ухханыгар тэриллибитэ. Барыны-бары аһаҕастык ааттааһын (гласность) уонна саха норуотун омук быһыытынан чөлгө түһүүтэ саха дьоно тыа сириттэн өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар Дьокуускайга күргүөмнээн көһүүлэрин кытта сөп түбэһиспитэ. Бу куоракка тардыһыы хамсааһына билигин даҕаны кыра уларыйыылардаах салҕанан бара турар, манна Россия ииччэҕэ-бааччаҕа биллибэт ис бэлиитикэтигэр чугастааҕы уонна ыраах сытар кыраныысса таһыттан атын омуктар кэлиилэрэ эбиилик буолар.

Сылтан сыл саха омугар саҥа култууралар, саҥалыы оҥоһуулар, саҥа технологиялар дьайаллар, саха дьоно-сэргэтэ урут суох, билиҥҥэ диэри биллибэт уратылары иҥэринэллэр. Сэбиэскэй кэм хам баттааһыныгар бэриммэккэ үгэс буолбут ойууннааһын көстүүлэрэ саҥалыы, чаҕылхай итэҕэл көрүҥнэнэн, хаттаан үөскүүллэр.

A dancer in Sakha national costume. Photo courtesy of Maksim Unarov